МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "КЕПТЕНИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМЕНИ ПЕТРА ПЕТРОВИЧА ОГОТОЕВА" СЕЛЬСКОГО ПОСЕЛЕНИЯ "ЛЕГОЙСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬАЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Сомоҕолоһуу күнэ Лөгөй нэһилиэгэр

Сэтинньи 6 күнүгэр Лөгөй нэһилиэгэр Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах “Лөгөй сирэ-түмэр күүс” диэн кэнсиэр буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ көхтөөх аҕам саастаах дьоммутугар “Аал уот” бэтэрээн сэбиэтин салайааччыта Ульяна Ивановна Бурнашева актыыбынайдык кыттар бэтэрээннэргэ Грамоталары уонна бэлэхтэри туттарда, ону тэҥэ “Ураннар” түмсүү салайааччытыгар Екатерина Дмитриевна Копыринаҕа, түмсүү кыттыылаахтарыгар араас таһымнаах выставкаларга кыттыбыт Грамоталары, туоһу суруктары туттарда.
Кэнсиэргэ кыттыыны ыллылар улуустааҕы “Кэхтибэт талааннар” бэстибээл кыттыылаахтара уонна үүнэр көлүөнэ оскуола үөрэнээччилэрэ, сынньалаҥ киин кэлэктиибэ. Кэнсиэр норуоттар сомоҕолоһууларын үҥкүүтүнэн саҕаланан, ылбаҕай ырыанан, көрдөөх сценкаларынан, уус-уран ааҕыынан көрөөччү интэриэһин тардан үрдүк таһымҥа ыытыллан оһуохайынан түмүктэннэ. Оһуохайы таһаарда Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх оһуохайдьыта Надежда Прокопьевна Лыткина.
Өрүү түмсүүлээх Лөгөйбүт сирэ чэчирии, сайда туруохтун!