МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "КЕПТЕНИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМЕНИ ПЕТРА ПЕТРОВИЧА ОГОТОЕВА" СЕЛЬСКОГО ПОСЕЛЕНИЯ "ЛЕГОЙСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬАЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

«Күлэр күн»

Алтынньы ый 14 күнүгэр Хомустаахха “Күлэр күн» буолан ааста. Ол курдук 4 нэһилиэк көр күлүү бөлөхтөрө түмсэн быйылгы сылга дьонун сэргэтин сэргэхситэн бэрт сэргэх кэнсиэрдэри бөһүөлэктэригэр бэлэхтээтилэр. Ол курдук
Найахыттан  КӨР НАР бөлөх, Бээдиттон Бээди
бэтихэлэрэ, кор кулу белебун, Уһун Күөлтэн Сээркээн уонна Хомустаахтан Дьэргэлгэн бөлөхтөрө. Зал иһэ көрөөччүнэн туолла хас биирдии артыыһы ытыас дохсун тыаһынан көрүстүлэр. Зал иһэ Көрөөччү күлүүтүнэн, сылаас ытыс тыаһынан  туолан кыттааччы сүргэтин көтөхтө. Нарын ырыаларын бэлэх ууннулар Евдокия Фомина, Анна Алексеева, Илья Гуляев, Иннокентий Борисов уонна Анна Бечеканова. Көр күлүү жанра олус ыарахан ол эрэн хайа  баҕар киһини үөрдэр-көтүтэр
үйэтин уһатар аналлаах бэрт кэрэ жанр буолар. Күлэр күнү көрбүт сылаас ытыс тыастаах көрөөччүлэрбитигэр махтал тылларын тиэрдэбит. Салгыы Күлэр күн Уһун Күөлгэ алтынньы ый 17 күнүгэр буолуохтаах.