Олоҥхо декадатын чэрчитинэн “Кыыс Дэбилийэ” олоҥхону айбыт биллэр сүдү олоҥхоһут Бурнашев Николай Петрович-Боодоҕос төрөөбүтэ 150 сылынан олоҕун суолун билиһиннэрэбит Бурнашев Николай Петрович 1876 с. Лөгөй нэһилиэгэр Суорун алааска дьадаҥы ыалга Петр Макарович Бурнашев-Олойбон оҕонньордооххо бэһис оҕонон күн сирин көрбүт. Ийэтэ Акулина Павловна Алексеева уран тарбахтаах иистэнньэҥ, кэпсээнньит, айылҕаттан бэриллибит кэрэ куоластаах ырыаһыт эбит. Онон кини… (читать далее)
Алтынньы ый 14 күнүгэр Хомустаахха “Күлэр күн» буолан ааста. Ол курдук 4 нэһилиэк көр күлүү бөлөхтөрө түмсэн быйылгы сылга дьонун сэргэтин сэргэхситэн бэрт сэргэх кэнсиэрдэри бөһүөлэктэригэр бэлэхтээтилэр. Ол курдукНайахыттан КӨР НАР бөлөх, Бээдиттон Бээдибэтихэлэрэ, кор кулу белебун, Уһун Күөлтэн Сээркээн уонна Хомустаахтан Дьэргэлгэн бөлөхтөрө. Зал иһэ көрөөччүнэн туолла хас биирдии артыыһы ытыас дохсун тыаһынан көрүстүлэр…. (читать далее)
Сэтинньи 6 күнүгэр Лөгөй нэһилиэгэр Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах “Лөгөй сирэ-түмэр күүс” диэн кэнсиэр буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ көхтөөх аҕам саастаах дьоммутугар “Аал уот” бэтэрээн сэбиэтин салайааччыта Ульяна Ивановна Бурнашева актыыбынайдык кыттар бэтэрээннэргэ Грамоталары уонна бэлэхтэри туттарда, ону тэҥэ “Ураннар” түмсүү салайааччытыгар Екатерина Дмитриевна Копыринаҕа, түмсүү кыттыылаахтарыгар араас таһымнаах выставкаларга кыттыбыт Грамоталары, туоһу суруктары туттарда.Кэнсиэргэ кыттыыны… (читать далее)
Хомустаахха алтынньый 3 күнүгэр норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө 5-ис сылын «Көлүөнэ ситимэ» уус-уран самодеятельность кэнсиэрэ буолан ааста. Зал иһэ толору көрөөччү, ытыс тыаһа хас биирдии сыанаҕа тахсар кыттааччыга олус күндү буолар. Оҕоттон саҕалаан ыччат, орто, аҕа саастаах көлүөнэ түмсэн көрөөччүгэ олус истиҥ эйэҕэс кэнсиэри бэлэх ууннулар. Сонунтан сонун ырыалары, кэрэ нарын үҥкүүлэри, көрдөөх көрүдьүөстээх сыанкалары… (читать далее)
Лөгөй нэһилиэгэ алтынньы 23 күнүгэр “Кэхтибэт талааннар” бэстибээлгэ Дүпсүн нэһилиэгэр баран кыттан кэллэ. Мүрү, 1 Хоро, Лөгөй, Найахы нэһилиэктэрин талба талааннаах бэтэрээннэрэ үрдүк таһымнаах чаҕылхай кэнсиэри көрөөччүлэргэ бэлэхтээтилэр. Уопсайа 5 улахан нэһилиэктэн 134 аҕам саастаах көлүөнэ дьон кыттыыны ыллылар. Бэстибээл улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Иван Колодезников, Дүпсүн нэһилиэгин тыа сирин түөлбэтин дьаһалтатын специалиһа Майя Прибылых… (читать далее)
Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан сынньалаҥ киинигэр сааһырбыттар декадаларын чэрчитинэн “Олохпут көмүс күһүнэ” диэн ааттаах тэрээһин ыытылынна. Тэрээһин Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан сынньалаҥ киин дириэктэрэ Владимир Прядезников эҕэрдэтинэн, Лөгөй лицей-интернат үөрэнээччилэрин, Виталий Гоголев ылбаҕай ырыаларынан арылынна. “Көмүс күһүн” диэн араас матырыйаалтан күһүҥҥү көстүүнү ойуулуур панно күрэҕэ, “Мин сөбүлүүр дьарыгым” бэйэ илиитинэн оҥоһуллубут оҥоһугу көмүскээһин, “Мин күһүҥҥү хасааһым” салат… (читать далее)
Лөгөй нэһилиэгэр балаҕан ыйын 18 күнүгэр, үгэс быһыытынан “Көмүс күһүн бэлэҕэ” диэн ааттаах күһүҥҥү дьаарбаҥка ыытылынна. Бу дьаарбаҥканы Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан сынньалаҥ киинэ уонна Надежда Егоровна Бурнашева салайааччылаах “Лөгөй оҕуруоччуттара” түмсүү сылын аайы тэрийэн ыытар. Тэрээһин, олохтоох дьаһалта эҕэрдэтинэн, Виталий Гоголев, Уйгулаана Бочкарева ылбаҕай ырыаларынан уонна оскуола оҕолорун “Хомусчаана” бөлөх толорууларынан арылынна. Атыы-тутуу дьаарбаҥкатыгар кыттыыны… (читать далее)
1. “ОЛЛООННООН ОЛОРОН ОЛОҤХОЛУОХХА” оҕолорго олоҥхону биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толоруу күөн-күрэһэ. Биирдиилээн толорууга 8 кыттааччы, бөлөҕүнэн толорууга 3 бөлөх кыттыыны ыллылар. Күөн-күрэһи сыаналаатылар маннык састааптаах дьүүллүүр сүбэ: 1) Данилова Елизавета Николаевна – “Олоҥхо дьиэтэ” этнокултуурунай киин уус-уран салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна; 2) Сысолятина Матрена Ильинична – Кэптэнитээҕи “Чэчир” оҕо уһуйаанын фольклорга салайааччыта; 3) Готовцева Лена… (читать далее)
Для отправки комментария необходимо войти на сайт.