МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "КЕПТЕНИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМЕНИ ПЕТРА ПЕТРОВИЧА ОГОТОЕВА" СЕЛЬСКОГО ПОСЕЛЕНИЯ "ЛЕГОЙСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬАЛДАНСКОГО УЛУСА (РАЙОНА) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Арассыыйа үтүөлээх артыыһа, Аан дойду виртуоз-хомусчута Петр Петрович Оготоев төрөөбүтэ 65 үбүлүөйдээх сылыгар аналлаах “ХОМУҺУННААХ ХОМУСЧУТ” оҕолорго, улахан дьоҥҥо хомуска биирдиилээн, бөлөҕүнэн тардыыга күөн-күрэс үтүө түмүктэрэ

       Бүгүн, о.э. сэтинньи ый 26 күнүгэр “Уйгу сирэ – Уус Алдан” килбэйэр киинигэр Бороҕоҥҥо “Олоҥхо дьиэтэ” этнокултуурнай киинигэр, урукку сыллар улаҕаларыттан уутуйан олохсуйбут Боодоҕос, Күөх Бүөтүккэ, Дьарылыктаах, Бүөтүр Оҕотоойоп курдук улуу олоҥхоһуттардаах, саха сирин бастакы муосчута — Дыбайааҥкы, саха дьахталларыттан бастакы скульптор – Евгенья Винокурова курдук удьуор уус дьонноох, улуу нуучча норуотун кытары иллээх суолу булларбыт Лөгөй Тойон төлкөлөөх түөлбэтин дьоно-сэргэтэ, Бүөтүр Оҕотоойоп аатын сүгэр Кэптэнитээҕи сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ Олоҥхо уонна Хомус декадатын чэрчитинэн хомус түһүлгэтин түстээтилэр. Өбүгэттэн үөтүүлээх, айыыһыттан айдарыылаах, саха хомуһун дьикти дьүрүскэнин дьүрүһүтэ оонньоппут биир дойдулаахтарын, бастакы идэтийбит хомусчут, Арассыыйа үтүөлээх артыыһа, Аан дойду виртуоз-хомусчута Петр Петрович Оготоев төрөөбүтэ 65 сылын бэлиэтии, кини үтүө аатын үйэтитэр сыаллаах-соруктаах “Хомуһуннаах хомусчут” диэн оҕолорго, улахан дьоҥҥо хомуска биирдиилээн, бөлөҕүнэн тардыыга улуустааҕы күөн-күрэһи үрдүк таһымҥа тэрийдилэр, ыыттылар.

        Лөгөйдөр күөн-күрэс үөрүүлээх аһыллыытыгар ааттаах-суоллаах уолларын, хомуһуннаах хомустаах Бүөтүр Оҕотоойобу, кини олорбут олоҕун, үлэлээбит айар үлэтин сырдатар, олохтоох поэтесса Валентина Бурнашева суруйуутугар, 10 күүстээх аҥаардар “Уруй улуу хомусчукка!” монтаһы  аахпыттара киһи сэҥээритин ылла. “Лөгөй нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыга  Попов Н.Н. эҕэрдэ тылын уонна күрэс тэриийитигэр күүс-көмө буолбут нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр махталын эттэ. Уус Алдан улууһун “Хомус” общественнай түмсүүтүн салайааччыта Находкин А.А. бары кыттыылаахтарга эҕэрдэтин этэн туран Хомус декадатыгар нэһилиэктэринэн маастар-кылаастары ыыппыт салайааччыларга махтал суруктары туттартаата. Кэптэни талба талааннаах “Айылгы” вокальнай ансаамбыла эҕэрдэ ырыаларын бэлэхтээтилэр.

        “Хомуһуннаах хомусчут” хомус түһүлгэтигэр улууспут 12 бөһүөлэгиттэн, 13 оскуолатыттан 123 хомус кэрэ эйгэтигэр уһуйуллубут, хомус дьикти алыбар уйдарбыт араас көлүөнэ дьон түмсэн кытыннылар.

         Күөн-күрэһи сыаналаатылар:

1. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ – Уус Алдан улууһун “Хомус” общественнай түмсүү салайааччыта, Владимир Денисович Лонгинов аатынан норуот айымньытын киинин дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, “Хомус кырдала” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак ааптара Альберт Алексеевич Находкин;

2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, “Олоҥхо дьиэтэ” этнокултуурнай киин специэлииһэ – Марфа Константиновна Алексеева;

3.  Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһын специэлииһэ Алина Константиновна Васильева.

БИИРДИИЛЭЭН ТОЛОРООЧЧУЛАР
I БӨЛӨХ – 5-8 кылаас үөрэнээччилэрэ:

1 ҮРДЭЛ – Уйгун Байаҕантаайап, Танда, сал. Находкин А.А. (хомус бирииһи олохтоото Бэрт Ууһун нэһилиэгин хомус маастара Тарскай Лаврентий Петрович);
2 ҮРДЭЛ – Сахалина Троева, Тулуна, сал. Жиркова Л.И. (5000 уу харчынан бирииһи олохтоото Лөгөй лицей-интернат);
3 ҮРДЭЛ – Сайыына Белолюбская, Баатаҕай, сал. Румянцева К.И. (3000 уу харчынан бирииһи олохтоото В.Д.Лонгинов аатынан Тандатааҕы норуот айымньытын киинэ);
1 ҮКТЭЛ – Айыллаана Протодьяконова, Мүрү, сал. Говорова Л.С.;
2 ҮКТЭЛ – Марк Спиридонов, Дүпсүн, сал.: Михайлова Т.С., Атласова Е.В.;
3 ҮКТЭЛ – Коля Бурнашев, Окоемовка, сал. Бурнашева А.А.

БИИРДИИЛЭЭН ТОЛОРООЧЧУЛАР
II БӨЛӨХ – 9-11 кылаас үөрэнээччилэрэ:

1 ҮРДЭЛ – Алгыстаана Бурнашева, Тулуна, сал. Жиркова Л.И. (хомус бирииһи олохтоото СӨ уус-уран оҥоһуктарга маастара Шепелев Александр Афанасьевич, Бэрт Ууһа);
2 ҮРДЭЛ – Радомир Тордуянов, Дүпсүн, сал.: Михайлова Т.С., Атласова Е.В. (хомус бирииһи олохтоото СӨ норуотун маастара Куличкин Петр Дмитриевич – Быйаман Уус, Мүрү нэһилиэгэ);
3 ҮРДЭЛ – Арсен Алексеев, Дүпсүн, сал.: Михайлова Т.С., Атласова Е.В. (хомус бирииһи олохтоото СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара Тордуянов Гаврил Иванович, Байаҕантай нэһилиэгэ);
1 ҮКТЭЛ – Сандаара Колесова, Баатаҕай, сал. Румянцева К.И.;
2 ҮКТЭЛ – Сардаана Дьяконова, Мүрү СОШ №1, сал. Парникова Е.С.
БИИРДИИЛЭЭН ТОЛОРООЧЧУЛАР
III БӨЛӨХ – 18-тан үөһээ саастаах улахан дьоҥҥо:

1 ҮРДЭЛ – Джулия Афанасьева, Өнөр (хомус бирииһи олохтоото Уус Алдан норуотун маастара Иванов Спиридон Алексеевич, Дьокуускай);
2 ҮРДЭЛ – Анжелика Готовцева, Танда, сал. Находкин А.А. (7000 уу харчынан бирииһи олохтоотулар Лөгөй нэһилиэгин олохтоохторо);
3 ҮРДЭЛ – Иван Сергеев, Тулуна (5000 уу харчынан бирииһи олохтоотулар Лөгөй нэһилиэгин олохтоохторо);
1 ҮКТЭЛ – Прокопий Степанов, Мүрү;
2 ҮКТЭЛ – Егор Ширяев, Бэрт Ууһа;
3 ҮКТЭЛ – Василий Федоров, Өнөр.

БӨЛӨҔҮНЭН ТОЛОРООЧЧУЛАР
I БӨЛӨХ – оҕолор:

1 ҮРДЭЛ – “Кэскил” бөлөх, Дүпсүн, сал.: Михайлова Т.С., Атласова Е.В. (10 000 уу харчынан бирииһи олохтоотулар Бүөтүр Оҕотоойоп чугас аймахтара);
2 ҮРДЭЛ – “Оһуор” бөлөх, Тулуна, сал. Жиркова Л.И. (7000 уу харчынан бирииһи олохтоотулар Лөгөй нэһилиэгин олохтоохторо);
3 ҮРДЭЛ – “Чөмчүүк” бөлөх, Кэптэни, сал. Харитонова А.Р. (5000 уу харчынан бирииһи олохтоотулар Лөгөй нэһилиэгин олохтоохторо);
1 ҮКТЭЛ – “Дьүрүл” бөлөх, Өнөр, сал. Афанасьева Д.В.;
2 ҮКТЭЛ – “Дьиэрэй” бөлөх, Кэптэни, сал. Харитонова А.Р.;
3 ҮКТЭЛ – “Чэчирээ” бөлөх, БДШИ, сал. Говорова Л.С.

БӨЛӨҔҮНЭН ТОЛОРООЧЧУЛАР
II БӨЛӨХ – 18-тан үөһээ саастаах улахан дьон:

1 ҮРДЭЛ – “Дьүрүскэн” бөлөх, Тулуна, сал.: Куприянова Н.И., Жиркова Л.И. (11000 уу харчынан бирииһи олохтоотулар Лөгөй нэһилиэгин олохтоохторо);
2 ҮРДЭЛ – “Тэтим” бөлөх, Бороҕон, сал. Габышева Т.Г. (8000 уу харчынан бирииһи олохтоотулар Лөгөй нэһилиэгин олохтоохторо);
3 ҮРДЭЛ – “Хатан хомус”, Мүрү, сал.: Говорова Л.С., Заболоцкий Дь.М. (6000 уу харчынан бирииһи олохтоотулар Лөгөй нэһилиэгин олохтоохторо);
1 ҮКТЭЛ – “Алгыс” бөлөх, Кэптэни, сал. Колесова А.М.;
2 ҮКТЭЛ – “Намыына” бөлөх, Майаҕас, сал. Сивцева О.В.;

Үрдэл үрдүк ааттары ылбыт кыайыылаахтарга “Лөгөй нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтэ өйдөбүнньүк статуэткалары олохтоото, Үктэл ааттарга Бүөтүр Оҕотоойоп кинигэтин бэлэх уунна Бүөтүр Оҕотоойоп эдьиийэ Мария Петровна Дмитриева-Оготоева. Күөн-күрэскэ 24 оҕону бэлэмнээн илдьэ кэлбит үчүгэй көрдөрүүлээх Тулуна орто оскуолатын хомуска уһуйааччытыгар Жиркова Людмила Ивановнаҕа “Бастыҥ салайааччы” анал аат уонна Бүөтүр Оҕотоойоп чугас аймахтара Анал хомус статуэткалара туттарылыннылар.
Хомус түһүлгэтин кыттыылаахтара, кыайыылаахтара үөрүү кынаттанан илии тутуурдаах тарҕастылар.
Бүөтүр Оҕотоойоп төрөөбүтэ 65 үбүлүөйдээх сылынан ыытыллбыт “Хомуһуннаах хомусчут” улуустааҕы күөн-күрэс тэрийээччилэрэ — Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан Кэптэнитээҕи сынньалаҥ киин, спосордарыгар Уус –Алдан улууһун хомус уустарыгар уонна биир дойдулаахтарыгар Лөгөй нэһилиэгин олохтоохторугар, тэрийиигэ күүс-көмө, өйөбүл буолбут күндү дьонноругар үрдүк сценаттан истиҥ махталларын биллэрдилэр.